Рет қаралды 1,102
Ыам ыйын 22 күнүгэр дылы "КӨҤҮЛ КУЙААР" сахалыы үөрэххэ суруттарыы уһатылынна: course.vnematrix.ru/sakhalyy
Билсэр нүөмэр ватсап нөҥүө: wa.me/message/TWYDLCHOMZBEM1
Тайм-кодтар:
00:00 Дүҥүрү айдарыылаах эрэ дьон туттуон сөп да?
02:36 Саҥа кэм кэнэҕэски ыччатын өйүн-санаатын уратыта туохха сытарый?
06:47 Тула барыта атыы эргиэн үйэтэ кэллэ, харчыны эрэ сырсааһын, духуобунаска көҥүллэнэр дуо атыы уонна билии тоҕо харчыга эрэ аны бэриллэр буолла?
10:09 Биһиги сахалар биир түмүк итэҕэлгэ кэлэ илик буоллахпытына: Итэҕэл хайдах Саха сириттэн тахсыа дииллэрий?
12:38 Эйиигин өһүргэтэр буоллахтарына, эн ол аата тугу эрэ искэр кистии сылдьаргын хостууллар диигит ди, ону мин хайдах гыныахтаахпыный? Хайдах мин ол “болевой точкабын” эмтиибиний? Баһаалыста сиһилии кэпсээҥ эрэ, методикаҕытын уонна холобурдары, олоххо буолбут дьиҥнээх түгэннэри.
17:14 Үһүс, төрдүс, бэһис харах дииргитин өссө быһааран биэриэххит дуо?
21:56 Религиялаах дьон - кулуттар, ким эрэ этиитинэн сылдьаллар диигит. Ол аата биһиги итинниккэ тиийбэтэхпит ордук дуо?
25:40 "Вне Матрицы" диэн тыл суолтатын баһаалыста быһаарыаххыт дуо?