Дьиэ кэргэн ыһыа5а/ семейный ысыах-национальный праздник Саха

  Рет қаралды 3,800

Сардаана: сахалыы канал

Сардаана: сахалыы канал

4 жыл бұрын

Дьоҥҥо “Тиэргэн ыһыаҕын маннык ыытыахха сөп” диэн сырдатар соруктаах, бэс ыйын 16 күнүгэр Сыромятниковтар дьиэ кэргэн “маастар-кылаас” быһыытынан тиэргэннэригэр ыһыах ыстылар.
Ону видеоҕа устан, таҥан, ыһыах иннинээҕи күн социальнай ситиминэн тарҕатыахтара. Дьон көрөн үтүктэн, тэлгэһэлэригэр ыһыах ыһалларыгар анаан. Бэрт кылгас кэмҥэ тэриммит буолан, ирдэниллэрин курдук, мал-сал, таҥас-сап, сиэр-туом, биллэн турар, кыаллыбата. Уонна ол Үс Хатыҥҥа ыытыллар ыһыах курдук улахан тэрээһин буолбатах буоллаҕа дии. Дьиэ кэргэн иһинэн. Ол иһин “Тиэргэн ыһыаҕа” сэмэйдик, ол эрээри ис сүрэхтэн истиҥник ыытылынна.
“Тиэргэн ыһыаҕын” алгыһын аал уотун оттон, дьиэлээх хаһаайын Иван Сыромятников оҥордо. Ыһыах ыһыллар күнүгэр аймах-билэ дьонноро Сыромятниковтары өйөөн, бары сахалыы таҥнан, алаадьылаах кымыс тутан, бэйэлэрин эҕэрдэлэрин батсаабынан ыыппыттар. Оттон аҕаларын улахан убайа Дмитрий Собакин бэйэтин төрөөбүт алааһыгар, Чурапчы Уһун Күөлүгэр уотун аһатан, аймахтарын алҕаан устан ыыппыта, олох ураты тыыны биэрдэ. Бу, кырдьык да, өбүгэ ситимэ. Онон Собакиннар, Макаровтар, Тоскиннар, Дьячковскайдар, Сыромятниковтар дьиэ кэргэттэрэ Чурапчыга, Сыырдаахха, Хатыҥ Үрэххэ, Дьокуускайга хас биирдиилэрэ бэйэлэрин тиэргэннэригэр ыһыах ыһан, тэйиччиттэн (онлайн) эҕэрдэлэстилэр.
Онон “Тиэргэн ыһыаҕын“ ыытыы видеоматырыйаалын барытын түмэн, таҥан, Сардаана Сыромятникова сотору бэйэтин “YuoTube” ханаалыгар таһаарыаҕа. Оттон “Тиэргэн ыһыаҕын” торумун culture-Yakutia.com саайтка угуохпут. Онно киирэн көрүөххүтүн сөп.
#ыһыах
#культураякутии
#праздниклета
#ысыахонлайн
#дьиэкэргэн
#алгыс
#оһуохай
#олоххайдахбаарынан
#аймахыһыа5а

Пікірлер: 17
@user-rz1pu8vr9f
@user-rz1pu8vr9f 4 жыл бұрын
Наһаа үчүгэй идея дии. Аймахтар бары да түмсүүлээх баҕайы эбиккит. Маладьыастар. Бары доруобай дьоллоох буолун! 🙌
@user-fn4dz4vl8k
@user-fn4dz4vl8k 4 жыл бұрын
Бэйэбит дьиэ-кэргэнинэн тэрийэрбитигэр бэрт туьалаах биэрии буолбут, махтал🥰 Самаан сайыммыт ууммутунэн , куеххэ уктэммиппитинэн эгэрдэлиибит🌿🌿🌿☀️
@user-gu7fe2ix4f
@user-gu7fe2ix4f 4 жыл бұрын
САЛЕМ Саха халықтары Салем Сардаана кабыл болсын тойна бакыт болындар ✋❤Салем бергене Казахстанан ✊✊
@user-nl6dt7nu8d
@user-nl6dt7nu8d 29 күн бұрын
Дорооболоруҥ Сардаана устууларын наһаа үчүгэйдар Махтал көрдөһүү бэрээдэгинэн саҥан арыый кыра
@kunbul4420
@kunbul4420 4 жыл бұрын
Уруй-айхал Саха ыалыгар! Урун тунах ыhыа5ынан ..дом
@aidatrif3437
@aidatrif3437 4 жыл бұрын
Сардана, Бука какие вы молодцы!!!!
@asyaievleva8885
@asyaievleva8885 4 жыл бұрын
Хата, бэрт ыһыах👍
@ionkopyrin3056
@ionkopyrin3056 4 жыл бұрын
Наһаа бэт видеосюжет,Саха ыаллара ыһыахтаан Сардаана,Бука маладьыастар эдэр дьон диэтэххэ бэт тэрээһин буолбут аллаайын да буоллар аймахтары түмэн бэттээхэй итиччэ оҥорбуттарын тоҕо саҥараҕыт бастакы холонууга 5баллов Сардаана,как всегда на высоте рядом группа поддержки во главе Буки Бука бээтэ ис санаатын этэн алҕаата,как хозяин.Уруй-Айхал!Сыромятниковтарга!
@SiberianMARVEL
@SiberianMARVEL 3 жыл бұрын
Улахан махтал, Сардаана!
@user-hy8le2rk1v
@user-hy8le2rk1v 3 жыл бұрын
Саха итэгэлин саамай сепке тутуспукун Сардаана Саха кыргыттара бары Саха норуоппут итэгэлин ылынан билэ кере сатыыллара буоллар санаалыын сырдаан ис туруктара ырааьыран дьиэлэрин уоттарын кэргэттэрин ере тутан сылдьаллара буоллар кэнэгэски ыччпттарбытышар утуе холобур буолуо этэ ... хомойуох иьин олоххо баар кестуу Саха кыргыттара инстаграм аныгы олох тэтимигэр уйдаран Эр Киьини бэйэлэрин да сыаналаабат буоллулар ...
@user-lt8oy8hl2n
@user-lt8oy8hl2n 4 жыл бұрын
Алгысчыт киьи молтох
@SardaanaSyr
@SardaanaSyr 4 жыл бұрын
Оля Винокурова инник диэбэттэр, дьиэ хаһаайына бэйэтэ санаатынан ал5ыыр
@SardaanaSyr
@SardaanaSyr 4 жыл бұрын
Оля Винокурова алгыска киһи ис санаата, сүрэ5иттэн. Суолтата онно
@aidatrif3437
@aidatrif3437 4 жыл бұрын
Сиилээмэн. Бука хаьаайын бэйэтэ ал5ыыр ис санаатын.
@mccumyc
@mccumyc 3 жыл бұрын
того бу бутэьигэр, учугэй багайдык ыллыыр чуечэни сугун иьигитиннэрбэтигит
@SardaanaSyr
@SardaanaSyr 3 жыл бұрын
Туспа видео ити ырыа баар, киирэн көрүң✊🏼
@SardaanaSyr
@SardaanaSyr 3 жыл бұрын
kzfaq.info/get/bejne/ash2e9KemtLdpWQ.html
Аз жаргалын орон БУТАН
15:12
МОНЦАМЭ
Рет қаралды 38 М.
Sigma Kid Hair #funny #sigma #comedy
00:33
CRAZY GREAPA
Рет қаралды 32 МЛН
Mom's Unique Approach to Teaching Kids Hygiene #shorts
00:16
Fabiosa Stories
Рет қаралды 20 МЛН
DEFINITELY NOT HAPPENING ON MY WATCH! 😒
00:12
Laro Benz
Рет қаралды 57 МЛН
Үрүҥ тунах ыһыах. Үөдэй 2024
2:53
Екатерина Эверстова
Рет қаралды 1,4 М.
Как снимали фильм КАРИНА - выпуск 2: сахалыы тылынан
30:08
Сардаана: сахалыы канал
Рет қаралды 17 М.
🔥 Barrel Smoked Mackerel Fish: A Rustic Delicacy
25:32
Kənd Həyatı
Рет қаралды 788 М.
VLOG: ютубка төннүү! Үөрүүлээх сонун / Дьулуур 1 сааһа
27:22
Сардаана: сахалыы канал
Рет қаралды 25 М.
Үрүҥ тунах ыһыах оһуохайа.
12:26
Екатерина Эверстова
Рет қаралды 469
Sigma Kid Hair #funny #sigma #comedy
00:33
CRAZY GREAPA
Рет қаралды 32 МЛН